Москва уонна бүтүн Русь Патриархa КИРИЛЛ Таҥара үрдүкү үлэһиттэригэр, аҕабыыттарга, диаконнарга, манаахтарга уонна Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин бары эрэллээх оҕолоругар ОРОҺУОСПАНАН ЭҔЭРДЭ СУ

03.01.2014
Москва уонна бүтүн Русь Патриархa КИРИЛЛ Таҥара үрдүкү үлэһиттэригэр, аҕабыыттарга, диаконнарга, манаахтарга уонна Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин бары эрэллээх оҕолоругар ОРОҺУОСПАНАН ЭҔЭРДЭ СУ

 

Айыы Тойон туһугар тапталлаах

Сибэтиилээхтэн сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар,

ытык пресвитердар, диаконнар,

Таҥараны таптыыр манаахтар

уонна күндү биир итэҕэллээхтэрбит бука бары!

 

 

Бүгүн биһиги храмнарбытыгар Саҥа Төрөөбүт Таҥара Оҕону – Христос Быыһааччыны уонна Кини Ыраастан Ыраас Ийэтин – Кыыс Марияны айхаллаары дьон тобус-толору муһунна.

Христос Ороһуоспата киһи аймах историятыгар бүтүннүүтүгэр киин сабыытыйа буолар. Киһи мэлдьи Таҥараны көрдүү сатыыра: ол гынан баран Таҥара дьиҥ Бэйэтин дьоҥҥо бу кэлин эрэ, Кини Соҕотох Төрөппүт Уола киһи буолан төрөөбүтүгэр, дьэ толору арыйда. Аан дойду дьоно Таҥара Уола – киһи Уола – кэлбитигэр биирдэ биллэ: Таҥара һрдүкү Күүс эрэ буолбатах, Кини Таптал, Таҥара Манньа Биэрээччи эрэ буолбатах, Кини Аһымал, Таҥара Суостаах Судьуйа эрэ буолбатах, Кини олох, үөрүү төрдө, Таҥара  –  аан дойду чороҥ соҕотох Баһылыга буолбатах  – сүдү олоҕун ис сокуона эмиэ таптал буолар Сибэтиэй Ытык һс.  

Биһиги бүгүн  киһи аймах историятын хаамыытын бүтүннүүтүн  төрдүттэн уларыппыт улуу сабыытыйаны бырааһынньыктыыбыт. Айыы Таҥара киһи олоҕун бары араҥатыгар киирэр, биһигиттэн биирдэспит буолар, бар дьону туох да тулуйбат ыар баттыгаһыттан босхолоору, биһиги аньыыбыт-буруйбут, кыаммат, мөлтөх турукпут ыар сүгэһэрин барытын сүгэн, ону Голгофаҕа таһаарар. Билигин Таҥара – ханна эрэ киһи кыайан тиийбэт мэҥэ халлааныгар буолбакка, манна, биһигини кытта, биһиги ортобутугар баар. Ол иһин Таҥара хас Литургиятын аайы «Христос биһиги ортобутугар баар!» диэн этиллэр – онуоха:  «Баар, баар буола да туруоҕа!» – диэн хардараллар. Бу киһилии эттэнэн-хааннанан төрөөбүт  Таҥара – Быыһааччы Христос –  Бэйэтин эрэллээхтэрин ортотугар баарын чаҕылхай туоһута буолар. Кини Сибэтиэй Этигэр, Хааныгар мэлдьи тиксэн, Кини Кэс Тыла туолуутугар бары күүһү ууран, биһиги Кинини, биһиги Быыһааччыбытын кытта  дьиҥ чахчы бигэ ситимҥэ киирэммит, аньыыбыт-буруйбут бырастыы буоларын ситиһэбит.

Христоһу итэҕэйээччилэр уонна Киниэхэ ис сүрэхтэриттэн  бэриниилээх үөрэнээччилэр өссө сирдээҕи олохторун кэмигэр – Христос көрдөрбүт Халлааннааҕы Саарыстыбатын кэрэһитэ буолар аналлаахтар. Биһиэхэ улуу чиэс сүктэриллэн турар – Учууталбыт уонна Таҥарабыт бу дойдуга хайдах олорбутай да, биһиги эмиэ ол  курдук олоруохтаахпыт; Христос биэрэр күүһүнэн биһиги аньыыны-хараны, кири-дьайы утары бигэтик туруулаһыахтаахпыт; мөлтөөн-ахсаан биэрбэккэ, үтүөнү оҥорорго дьулуһуохтаахпыт; биһиги аньыылаах айылгыбытын Таҥара илгэлээх күүһүнэн саҥа киһигэ  кубулутар күннэтэ дьүккүөрбүтүгэр санааргыа-сынтарыйыа суох тустаахпыт.  

Быыһааччыбыт Христос, бу сиргэ кэлэн, Айыы Таҥараҕа дьиҥнээх истиҥ сыһыан халбаҥнаабат бигэ, муҥутуур төрүтүн олохтообута – ол биһиги атын дьоҥҥо сыһыаммыт. Атыттар кыһалҕаларын үллэстэн, кинилэр ыарыыларын, кутурҕаннарын чугастык ылынан, эрэйи-муҥу көрбүт, баттаммыт-атаҕастаммыт дьону аһынан, биһиги Христос сокуонун толоробут (Гал. 6:2) уонна   кыаммат кыһалҕабытын, ыарыыбытын Бэйэтигэр ылыммыт Быыһааччыга дьүөрэлээх буолабыт (Ис. 53:4). 

Бу ким барыта сөҕөн-махтайан, Таҥара Оҕо сытар күкүрүгэр сүгүрүйэр үөрүүлээх, сырдык сыдьаайдаах Христос Ороһуоспатын күнүгэр атыттары умнар хайдах да сатаммат. Бүгүн биһиги храмҥа кэлэн ылар улуу илгэбит, өссө да Таҥара Дьиэтигэр киирбэккэ, Христоһу билбэккэ, бу дойду дьалхаанынан олорор дьоҥҥо эмиэ толору тиксиэхтээх (Кол. 2:8). Ол гынан баран биһиги эһигини кытта кинилэргэ утары хардыы оҥорботохпутуна – бу Үөрүүлээх Илдьити кинилэр олох да истимиэхтэрин сөп; биһиги эһигинниин  бу толору үөрүүбүтүн үллэстибэккэ, сүрэхпитин арыйбатахпытына, – бу үөрүү кинини билэ илик, ол гынан баран ылынарга бэлэм дьону хаһан да таарыйымыан сөп.

Таҥара Уола бу сиргэ төрөөн, киһи айылгытын хаһан да буолбатах үрдүккэ таһаарда. Билигин хас биирдиибит «Айыы Таҥара уобараһынан уонна быһыытынан» айыллыбыт дьон эрэ буолбатахпыт, ону ааһан өссө Христос өҥөтүнэн Таҥара оҕолорунабыт: «аны кэлии туора дьон буолбатахпыт, сибэтиэйдэр биир дойдулаахтара, Таҥара дьиэ кэргэнэ буолабыт» (Еф. 2:19). Бу курдук эрдээх санааланан Таҥараҕа чугаһыырбыт туһунан Айыы Тойон биһиэхэ биэрбит мэлииппэтигэр да этиллэр: биһиги сири-халлааны айбыт сүдү Таҥараттан төрөппүт Халлааннааҕы Аҕабытыттан курдук көрдөһөбүт.

Ханнык баҕарар киһи олоҕо муҥура суох күндү: бу олох сыаната Таҥара Соҕотох Төрөппүт Уола сиргэ кэлииитинэн, Кини  Олоҕунан, Јлүүтүнэн уонна Тиллиитинэн төлөммүтэ. Бу барыта биһигини хас биирдии киһиэхэ, кини биһигиттэн төһө уратылааҕыттан тутулуга суох, өссө ордук дириҥ ытыктабыллаахтык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһарбытыгар көҕүлүүр. Москва сибэтиитэлин Филарет (Дроздов) санаатынан, «таптал диэн атын киһи чөл туруктаныытыгар сэргэхтик, көхтөөхтүк  кыттыһыы буолар». Христос Ороһуоспатын үөрүүлээх күннэригэр  мин эһигини ураты дьайыылаах тапталга ыҥырыахпын баҕарабын: апостол Павел этэринии, бэйэ-бэйэбитин бырааттыы истиҥник таптыахха, хардарыта ытыктаһыахха, мөлтөөн-ахсаан көрбөккө кыһамньылаах буолуохха, сүрэхпит төлөнүн сөҕүрүппэккэ Айыы Тойон Таҥараҕа үлэлиэххэ! (Рим. 12:10-11, Евр. 13:16).

Эһигини бука барыгытын Христос Ороһуоспатын улуу бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, таптал, эйэ Таҥарата (2 Кор. 13:11) биһиги норуоппутугар уонна хас биирдиибитигэр Саҥа сылга или-эйэни, дьоллоох-соргулаах олоҕу  бэлэхтээтин.

 

+ Кирилл

МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХА

 

Христос Ороһуоспата.

2013/2014 с.

Москва к.