Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман ОРОҺУОСПАНАН ЭҔЭРДЭ СУРУГА

01.01.2014
Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман ОРОҺУОСПАНАН ЭҔЭРДЭ СУРУГА

«Таҥара биһигини таптыырын

бу аан дойдуга соҕотох Уолун,

биһиги Кининэн олоххо тиксэрбит туһугар,

ыытан биллэрбитэ».

1 Ин. 4:9

 

 

Айыы Тойон туһугар тапталлаах аҕабыыттар, манаахтар уонна биир итэҕэллээхтэрбит бука бары!

Аан дойдуну бүттүүнүн тутан турар Айыы Тойон  алгыһынан биһиги быйыл эмиэ Иисус Христос Быыһааччыбыт Ороһуоспатыгар – Таҥара бу сиргэ киһи буолан төрөөбүт сүдүттэн сүдү дьиктитигэр – чугаһаан эрэбит. Биһиги быйыл эмиэ саҥа төрөөн сытар Христоһу кытта көрсөммүт, ис сүрэхпититтэн үөрэн-көтөн, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, Кини иннигэр сөһүргэстээн турдубут!

«"Мин эһигини таптыыбын", – диир Айыы Тойон. Оттон эһиги Киниттэн: "Эн биһигини таптыыргын биһиэхэ тугунан көрдөрөҕүн?" – диэн ыйытаҕыт» (Мал. 1:2).

Эргэ Кэс Тыл бу ыйытыгар хоруйдаан, Саҥа Кэс Тыл Үөрүүлээх Илдьитэ дуораһыйар: «Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ». Таҥара Уола, биһигини, бар дьону, таптыыр буолан, биһиги аньыыттан-хараттан, бары киртэн-дьайтан үтүөрэрбит туһугар, киһи айылгытын ылыммыта. Улуу Лев сибэтиитэл этэринэн, «Таҥара киһи буолан төрүүр кистэлэҥэр эт-хаан имэҥиттэн туох да киирсибэтэҕэ, аньыы сокуонуттан онно туох да былааспатаҕа», ол гынан баран биһиги Таҥара Оҕо Иисус өҥөтүнэн Аҕа Таҥара уолаттара-кыргыттара буолбуппут.

Күндү биир итэҕэллээхтэрбит, Христос Ороһуоспатыттан ыла төһөлөөх да үйэ ааспытын иһин, Быыһааччы биһиги олохпутугар сылтан сыл саҥалыы киирэн, биһиэхэ Айыы Таҥара киһи аймаҕы аньыы-буруй былааһыттан босхолуур улууканнаах тапталын биллэрэр. Христос Ороһуоспата бүтүн аан дойдуга Дьиҥ кырдьык сырдыгынан сыдьаайбыта. Таҥара илгэлээх үтүө күүһэ киһи айылгытын бары өттүнэн уларытарын түмүгэр Үөрүүлээх Илдьит, аан дойду Быыһааччыта төрөөбүтүн иһитиннэрэн, сир бары уһуктарын тилийэ көппүтэ, бары норуоттары Айыы Таҥараҕа эргитэн улуу христианскай култуураны үөскэппитэ.

Онон, күндү биир итэҕэллээхтэрбит, бүгүн биһиги эмиэ аҕаларбыт дьыалаларын олох атын быһыыга-майгыга салҕааммыт, Айыы Тойоммут Иисус Христос Киһи буолан төрөөбүтүн бүтүн аан дойдуга иһитиннэрэбит.

Биһиги, Таҥара үлэһиттэрэ уонна итэҕэйээччилэр, бука бары күүспүтүн холбоон үтүөнү оҥорорбутун бар дьон көрөн Айыы Таҥараны айхаллыырын туһугар, бу ааспыт сылы эмиэ Кини кэрэмэн килбиэнин көрдөрөр дьулҕаннаах түмүктээтибит. Быйыл күһүн биһиги епархиябыт өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын, общественнай тэрилтэлэр, үрдүкү үөрэх кыһаларын көмөлөрүнэн бүтүн Таҥара Дьиэтин уонна Саха сирин епархиятын үбүлүөйдээх күннэрин уһулуччулаахтык бэлиэтиири ситистэ. Онон биһиги Русь Сүрэхтэниитин 1025 сылын, Саха сирин духуобунай семинариятын 155 сылын, Саха сирин епархията чөлүгэр түһэриллибитэ 20 сылын бырааһынньыгын барытын үрдүк үөрүүлээхтик ыллыбыт.

Дьокуускай куоракка былыргы Спасскай манастыыры чөлүгэр түһэрии туһунан Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин Ытык Синодун быһаарыыта Саха сирин духуобунай олоҕун биир улахан сабыытыйата буолла.

Биһиги епархиябыт бырааһынньыгар дойдубут историятыгар аан маҥнай атын сирдээҕи Православнай Таҥара Дьиэлэрин иерархтара кэлэн кытыннылар. Саха сирин православнай христианнарын улахан үөрүүлэригэр аан дойдуга барытыгар ытыктанар Сибэтиэйтэн Сибэтиэй Боҕуруодьусса Почаевскай иконата Дьокуускайга кэлэн барда.

Итини таһынан духуобунай олохпут атын араҥатыгар эмиэ бэрт элбэҕи ситистибит: сахалыы тылбаастаммыт «Оҕолорго аналлаах Библия» уонна «Православнай култуура төрүтэ» учебник иккиһин бэчээттэнэн таҕыстылар, Православие Саха сиринээҕи историятын кэпсиир «На Север сквозь века...» («Үйэлэри уҥуордаан тус хоту...») диэн саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Бу бука барыбыт – биһиги да, эһиги да – сыралаах үлэбит түмүгэ, бу Айыы Тойоммут бары норуоттары  үөрэтиҥ диэн, биһигини миссионердатар улуу сорудаҕын туолуута буолар  (Мф. 28:19). Онон мин биһиги епархиябыт социальнай, сырдатар, үөрэтэр, эдэр ыччаты иитэр бары бырайыактарын олоххо киллэрсэн  көмөлөспүт үтүө дьоҥҥо бука барыгытыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын.

Күндү аҕаларбыт, биир итэҕэллээхтэрбит, эһиги бу сибэтиэй күннэргэ бука бары чэгиэн-чэбдик сылдьан «ыраас быґыыгытынан, билиигитинэн-көрүүгүтүнэн, киэҥ-холку майгыгытынан, үтүө санааҕытынан, истиҥ тапталгытынан итиэннэ дьиҥ кырдьык тылынан, Таҥара биэрэр күүһүнэн» итэҕэлгитин кэрэһилээн (2 Кор. 6:6-7), Быыһааччыбыт Төрөөбүт Күнүн – Ороһуоспаны – дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьоҥҥутун кытта үөрүүлээхтик ыларгытыгар баҕарабын.

 

Христос төрөөтө!

Айхал этэбит Киниэхэ!

 

ХРИСТОС ОРОҺУОСПАТА

2014 сыл

Дьокуускай