Пастырям, монашеству и всем верующим Якутии.
Дорогие братья и сестры!
В сей день вселенской радости приветствую Вас словами, которые уже две тысячи лет ученики Христовы восклицают в пасхальные дни:
Христос Воскресе!
Для христианского религиозного сознания нет факта более очевидного, чем Воскресение Господа нашего Иисуса Христа. С Воскресением Христовым жизнь вечная стала достоянием каждого христианина. Это событие изменило суть человеческой жизни и бытия всей вселенной. Святой Апостол Павел говорит: «Как в Адаме все умирают, так во Христе все оживут» (1 Кор. 15:22). Господь Иисус Христос не только победил смерть, но благодаря этой победе стал для нас родоначальником новой жизни. Он новый Адам (1 Кор. 15:47). И если до Воскресения все были лишены славы Божьей, все подлежали смерти, и не просто смерти как разлучению души от тела, но той смерти, в которой все умершие независимо от их образа жизни сходили в преисподнюю, в место, которое называется в Писании адом, место глубокой печали, то после Воскресения Христова смерть - временное явление, она уже не есть непреодолимая сила.
Великое чудо! Мы с вами имеем то, чего желали ветхозаветные праведники, но не имели – мы избавлены от силы смерти, от уныния преисподней, от безнадежности! Нам открыто то, во что, по слову Апостола Петра «желают проникнуть Ангелы» (1 Пет. 1:12).
Святая Пасха показывает нам – наш Бог не оставил людей, не ограничился дарованием законов, но в определенный момент истории Он родился в нашем мире. Мире полном враждебности и горя, боли и несправедливости, и Сам испытал в полной мере всю неправедность этого мира, но показал путь – не ожесточения, неприязни, воинственности, а добра и кротости. Сам явился образом смирения, смирив себя даже до смерти крестной (Флп. 2:8). Смерть Его не удержала, ибо Он Сама Жизнь и Он воскрес из мертвых поправ смерть и разрушив ад.
В день Пасхи все мы должны воспеть Того, Кто дарует нам жизнь, и жизнь вечную, как и учит нас святой Дионисий Ареопагит, говорящий, что Жизнь, которая есть «причина, оживительница, умножительница и разделительница всякой жизни, всякой жизнью должна быть воспеваема».
Дорогие отцы, братья и сестры, Спаситель не искал покоя и не уклонялся от трудностей, так должны поступать и мы: как Он исполнил правду Божью (Матф. 3:15), так должны стремиться делать и мы, как Он во смирении претерпел несправедливость, и простил врагов своих (Лук. 23:34), так и мы без злобы должны относиться ко всем и прощать (Матф.6:15). Мы должны разделить страдания Бога нашего, потому что только так мы сможем быть участниками Славы Его, как и учит Апостол Павел, говоря: «Когда же явится Христос, жизнь ваша, тогда и вы явитесь с Ним во славе» (Кол.3:4).
Мы, христиане, призваны изменить, преобразить мир. Не бежать от проблем, не незамечать зла вокруг нас, но с кротостью и верой стремиться к исправлению. Мы должны делать пасхальную радость содержанием наших дел в этом мире, для укрепления славы Святой Церкви, развитию всего доброго, становлению правды.
Дорогая моя паства, со всей полнотой Русской Православной Церкви мы идем путем этого делания. Каждый на своем месте шаг за шагом, поступок за поступком, мысль за мыслью преображает себя, свою семью, свой родной город, нашу страну, наш мир. Мы делаем это, зная, что Церковь молится за нас всех словами: «добрых сохрани по благости Твоей, злых соделай добрыми по доброте Твоей» (Литургия свт. Василия Великого).
В эти пасхальные дни с чувством благодарения Господу взираю на пройденный нашей епархией в этом году путь, молю Бога, и надеюсь, что все мы и далее будем выполнять наш христианский долг на всех путях нашей жизни.
Сердечно поздравляю вас, боголюбивая паства, с Пасхой Христовой. Пусть «радость ваша будет совершенна» (Ин. 15, 11).
Подражая апостолам и женам мироносицам ликуйте, делитесь своей пасхальной радостью, и приветствуйте друг друга словами
«Христос Воскресе! Воистину Воскресе!»
Смиренный Роман, епископ Якутский и Ленский
Пасха Христова 2013 года
Град Якутск
Саха сирин аҕабыыттарыгар, манаахтарыгар уонна бары Айыы Тойон Таҥараны итэҕэйээччилэргэ!
Күндү убайдар уонна бырааттар, эдьиийдэр уонна балыстар!
Бүгүн, Үрдүк Үөрүү күнүгэр эһигини Христос үөрэнээччилэрэ Пасха күнүгэр икки тыһыынча сыл устата уруйдуур тылларынан эҕэрдэлиибин:
ХРИСТОС ТИЛИННЭ!
Христианствоны итэҕэйэр өйгө-санааҕа биһиги Аар Тойоммут Иисус Христос Тиллиититтэн ордук дьиҥ чахчы суох. Христос Тиллиитэ өлбөт мэҥэ олох хас биирдии христианин баайа-дуола буолбута. Бу быһыы-майгы киэҥ куйаарга киһи олоҕун уонна айыллыытын ис номоҕун уларыппыта.
Сибэтиэй апостол Павел этэр: «Адам кыттыгастаахтара бары өлөллөрүн курдук, Христос кыттыгастаахтара бары тиллиэхтэрэ!»( 1 Кор.15:22) Айыы Тойон Иисус Христос өлүүнү эрэ кыайбатаҕа, бу Кыайыы түмүгэр биһиэхэ саҥа олоҕу төрүттээччинэн буолбута. Кини саҥа Адам - «олоҕу биэрэр Тыын булар» (1 Кор. 15:47).
Өскөтүн Тиллии иннинэ киһи-аймах Таҥара килбиэниттэн мата сылдьыбыт, дьон бары өлөр аналлаах буоллахтарына, киһи барахсан сирдээҕи олоҕун сиэриттэн-майгытыттан тутулуга суох аат айаҕар, Сибэтиэй Суруйууга «дириҥ санньыар оруна» дэнэр сиргэ түһэр эбит буоллаҕына, Христос Тиллиитин кэнниттэн өлүү – быстах көстүү, кини анны киһи санаатыгар кыайтарбат күүс буолбатах.
Улуу Дьикти! Эргэ Кэс Тыл кырдьыксыттара мэҥэ олох туһунан баҕарар буолан баран кыайан ылбатахтара аны биһиэхэ баар – биһиги өлүү күүһүттэн, аат айаҕын санньыарыттан, инникигэ эрэлэ суох буолууттан быыһанныбыт! Апостол Павел этэринии: «Аанньаллар киириэхтэрин баҕарар ааннара биһиэхэ арылынна» (1 Пет. 1-12).
Сибэтиэй Пасха көрдөрөр: Айыы Тойоммут биһигини бырахпата, сокуону бэлэхтииринэн муҥурдаммата, ол гынан история тустаах түгэнигэр Кини биһиги орто дойдубутугар оҕо буолан төрөөбүтэ. Өс-саас, кутурҕан, ыарыы, кырдьыгы билиммэт быһыы туолбут сиригэр сылдьан Бэйэтэ барытын толору билбитэ. Ол эрэн кырыктаныы, абааһы көрүү, сэриилэһии суолун буолбакка сылаас, сымнаҕас, үтүө сыһыан суолун ыйбыта.
Бэйэтин орто дойду дьонугар тиийэ «намтатынан кириэскэ тиириллэн өлүөр диэри истигэн этэ» (Флп. 2:8).
Өлүү Кинини кытаҕаска тутар кыҕа суоҕа, тоҕо диэтэххэ Кини Бэйэтэ – Олох!
Үтүгэн дойдутун урусхалаан, өлөр өлүүнү үрэйэн, Кини Тиллибитэ!
Пасха күн биһиги айхаллыахтаахпыт сирдээҕи олоҕу эрэ буолбакка, мэҥэ олоҕу бэлэхтээччини. Сибэтиэй Дионисий Ареопагит этэринии: «араас олох төрүөтэ, тилиннэрээччитэ, үксэтээччитэ араас олоҕунан туойуллуохтаах».
Күндү убайдар уонна бырааттар, эдьиийдэр уонна балыстар! Быыһааччы уоскуйууну көрдөөбөтөҕө, ыарахантан куоппатаҕа. Биһиги эмиэ оннук олоруохтаахпыт. Кини Айыы Тойон Таҥара кырдьыгын толорбутун курдук (Мф. 3-15), биһиги эмиэ ону оҥорорго дьулуһуохтаахпыт, Кини сыһыйан, кырдьыгы көрбөт буолууну тулуйбутун, өстөөхтөрүн бырастыы гыммытын курдук (Лк.23-24), биһиги эмиэ оннук, барыларыгарөһүөнэ суох сыһыаннаһыахтаахпыт уонна бырастыы гыныахтаахпыт (Мф. 6-15). Биһиги Таҥарабыт эрэйин-муҥун үллэстиэхтээхпит, тоҕо диэтэххэ оонук эрэ гынан биһиги Кини килбиэнигэр кыттыһыахпытын сөп. Апостол Павел үөрэтэн этэринии: килбиэннээх сырдыкка көстүөххүт» (Кол.3-4).
Биһиги христианнар, аан дойдуну уларытар, саҥардар аналлаахпыт. Кыһалҕаттан куоппакка, тулабытыгар баар куһаҕаны итэҕэллээхтик уонна сымнаҕастык көннөрөргө дьулуһуохтаахпыт. Биһиги Пасха өрүүтүн сирдээҕи дьыалабыт ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн, Сибэтиэй Таҥара Дьиэтин килбиэнин бөҕөргөтөргө, үтүө сана сайдарыгар, кырдьык үксүүрүгэр туһулуохтаахпыт. Хас биирдиибит бэйэтин тустаах миэстэтигэр хас хардыытын, хас дьайыытын, санаатын аайы утумнаахтык тус бэйэтин, дьиэ кэргэнин, төрөөбүт сирин, дойдутун тупсарыахтаах.
Манны биһиги «үтүөнү бэйэҥ үтүөҕүнэн харыстаа, куһаҕаны Бэйэҥ үтүө быһыыгынан үтүө гын» диэн (Сибэтиэй Улуу Василий литургията) Таҥара Дьиэтэ
Пасха күннэригэр, Айыы Тойоҥҥо махтанан туран, биһиги епархиябыт бу сылга ааспыт суолун анааран көрөбүн, Айыы Тойон Таҥараҕа үҥэбин уонна олохпутугар иэспитин христианныы толоруохпут диэн эрэнэбин.
Таҥараны таптыыр үөр, эһигини Христос Паасхатын Өрөгөйдөөх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.
«Мин үөрүүм эһиэхэ тиийэн эһиги сүрэххитин толордун» (Ин.15-11).
Апосталлар уонна эйэни, олоҕу түстүүр аналлаах дьахталлар курдук үөрүҥ-көтүҥ, Сибэтиэй Пасха үрдүк үөрүүтүн үллэстиҥ, бэйэ-бэйэҕитин «Христос Тилиннэ! – Чахчы Тиллинэ!» диэн эҕэрдэлэһиҥ.
Эйэни, сүбэни кытта, Роман, Дьокуускай уонна Ленскэй епискоба.
2013 сыл, Христос Паасхата.
Дьокуускай куорат.