ДЬОКУУСКАЙ УОННА ЛЕНСКЭЙ ЕПИСКОБА
СИБЭТИИЛЭЭХТЭН СИБЭТИИЛЭЭХ РОМАН
ТАҤАРАНЫ ТАПТЫЫР АҔАБЫЫТТАРГА, ЫТЫК МАНААХТАРГА,
ДЬОКУУСКАЙ УОННА ЛЕНСКЭЙ ЕПАРХИЯТЫН
ИТЭҔЭЙЭЭЧЧИЛЭРИГЭР БУКА БАРЫЛАРЫГАР
ПААСХАНАН ЭҔЭРДЭ СУРУГА
«Бу күнү Айыы Тойон айбыта,
үөрүөҕүҥ, өрөгөйдүөҕүҥ бу күҥҥэ».
Псалом 117:24
«Паасха тиийэн кэллэ, Христос Тиллибит өрөгөйдөөх күнэ,
бары үөрүү-дьол төрдө...
кэлэн, биһиги сүрэхпитин үлүскэн үөрүүнэн, киһи тылынан кыайан эппэт уоскулаҥынан толордо».
Айыыга холоонноох Симеон Саҥа Богослов
Айыы Тойон туһугар тапталлаах аҕабыыттар, ытык манаахтар,
күндү биир итэҕэллээхтэрбит,
Христос Тилиннэ!
Бүгүн, килбиэннээх сырдыгынан сыдьаайар быыһабыллаах күн, мин эһигини хас биирдиигитин үрдүк үөрүүлээхтик эҕэрдэлиэхпин баҕарабын: Христос Тилиннэ! Күндү биир итэҕэллээхтэрим, Муҥура суох аһыныгас санаалаах Айыы Тойоммут көмөтүнэн биһиги быйыл эмиэ бырааһынньыктар Бырааһынньыктарын, Үөрүү киэнин өрөгөйдөөҕүн, Айыы Тойон өлбөт-сүппэт Паасхатын, көрсөр дьолго тигистибит. Бу бырааһынньыгы былыр ытыктаан «дьыл ыраахтааҕыта» диэн ааттыыллара, тоҕо диэтэххэ, Паасха күн «Христос өлөн баран тиллибитэ, уһун ууларын утуйбуттартан аан бастакынан турбута» (1 Кор. 15:20).
«Үөрүҥ-көтүҥ!» – бу Христос Быыһааччы тиллэн баран эппит бастакы тыла. Кини мира арыытын илдьэ иһэр дьахталлары маннык эҕэрдэлии көрсүбүтэ (Мф. 28:9 көр).
«Өрүүтүн үөрэ-көтө сылдьыҥ. Тиһигин быспакка үҥүҥ. Барытыгар махтана сылдьыҥ» (1 Фес. 5:16-18), – диир Апостол. Христос Тиллибитин туһунан Илдьит тыл бүтүн Сиэркэп олоҕун уостубат үөрүүнэн толорбута – Христос өлөн баран Тилиннэ, өлөр өлүү Киниэхэ кыайтарда! Таҥара киһи аймаҕы быыһыыр соруга бу күн туолбут буолан, биһиги хас сыл аайы Паасхатааҕы үөрүүлээх сулууспа кэмигэр «Өлөр өлүү! Ханна баарый эн өргөһүҥ? Үтүгэн түгэҕэ! Ханна баарый эн кыайыыҥ?» (1 Кор. 15:55) диэн олоҕу уруйдуур тыллары истэбит. Христос Тиллиитэ Кинини итэҕэйээччилэргэ, Кини Сиэркэбигэр түмсүбүт дьоҥҥо бука барыларыгар өлөр өлүүттэн тиллэр, бараммат олоххо тиксэр сүдү кыаҕы бэлэхтээбитэ.
Сибэтиитэл Григорий Палама «Христос Айыы Таҥарабыт Тиллибит сырдык күнүнэн иһирэх тыл» диэн этиитигэр биһигини хас биирдиибитин өрө көтөҕүллүүлээхтик ыҥырар: «Үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ бу күн, Айыы Таҥараны дириҥник ытыктыыр христианнар, Сибэтиэй Тыынынан өрө көтөҕүллүөҕүҥ! Аны бу дойдуга аньыы-хара аҥаардастыы айбардаабат. Аны Христос ыраахтааҕылыыр. Аны Христос салайар. Кини үөһэ тахсарыгар, билиэн ылбытын барытын батыһыннаран барбыта; Кириэскэ тахсан баран, үтүгэн түгэҕэр түспүтэ уонна, бука барыларын бас бэриннэрэн, киһи аймаҕы абааһы көрөр адьарай аймаҕын самнарбыта; Кини аад хараҥа баһылыктара билиэн ылбыт дууһаларын босхолоон, кинилэри сырдыктан сырдык Саарыстыбатыгар батыһыннаран киллэрбитэ, оттон хара дьай тыыннарын, аны киһини утары өрө көрбөт гына, күүстэрин-уохтарын өһүлбүтэ».
Киһи өйө Христос Тиллибит Кистэлэҥин хайдах да ситэн өйдүүр кыаҕа суох эрээри, бу сүдү Кистэлэҥ киниэхэ чугаһыырга дьулуһар хас биирдии киһини үтүө өттүгэр уларытар.
Христос Тиллиитэ биһиги христианнар итэҕэлбит үрдүк өрөгөйө уонна бигэ туругуруута буолар. Киһи дууһата тиллэрин быһыытынан, биһиги хас биирдии бэйэбит, эмиэ тиллэн, Айыы Таҥарабытын, Быыһааччыбытын, сирэй көрсүөхпүт диэн христианныы эрэлбит туругуруута. Христос Тиллиитэ биһиэхэ духуобунай өлүүттэн быыһанан саҥа, толору олоҕунан олорор, аньыыттан-буруйтан, өлөр өлүүттэн босхолонор улуу кыаҕы биэрэр. Ол эрээри, Евангелиеҕа «Эһиги Мин тылбыттан тахсыбат буоллаххытына, дьиҥ чахчы Мин үөрэнээччилэрим буолаҕыт. Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуоҕа» (Ин. 8:31-32) диэн этиллибитин курдук, Быыһааччыбытын Христоһу толору эрэнэн туран, Кинини «суол, дьиҥ кырдьык уонна олох» (Ин. 14:6 көр) быһыытынан ылыммыт эрэ киһи итинник босхолонор кыахтанар. Христос өлөн баран тиллибитин итэҕэйэн, кэлин бар дьон эмиэ тиллэригэр эрэнии – бу биһиги христианныы тапталбытын бигэргэтэр сүдүттэн сүдү күүс. Таҥараны таптыыр киһи бүтүн олоҕун, туох баар күүһүн-уоҕун барытын Киниэхэ аныыр. Оннук киһи бу олоххо бэрт элбэхтэн аккаастанан, бэйэтин сиэртибэлэнэр кыахтанар уонна, Таҥара килбиэннээх аатын туһугар, сибэтиэй итэҕэл, Таҥара Сокуонун туһугар, Аҕа дойду, атын дьон тустарыгар олоҕун толук биэрэргэ бэлэм буолар. «...Мин эһигини таптаабытым курдук, эһиги эмиэ бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ» (Ин. 13:34) – бу биһиги христианныы олохпут сүрүн матыыба. Онон хас биирдии киһи Таҥара тапталын билэн тиллиитэ киһи олоҕун сыала-соруга, үрдүктэн үрдүк ис номоҕо буолар.
Күндү биир итэҕэллээхтэрим! Бу быыһабыллаах күн Сибэтиэй Ийэбитин – Сиэркэби – кытта бары бииргэ, Быыһааччыбыт өлөр өлүүнү кыайбытын уруйдаан, Кини биһигини толуйан ылан олоҕу бэлэхтээбитин өйдөөн-санаан туран, өрөгөйдүү үөрүөҕүҥ. «Эҥкилэ суох сокуону – көҥүл сокуонун» толорорго дьулуһуоҕуҥ (Иак. 1:25) уонна, ону ис сүрэхпититтэн тутустахпытына эрэ, Кырдьыктаах Судьуйа иннигэр ыраас суобастаах тиийэрбитин өйдөөн-санаан тураммыт, чугас да, ыраах да дьоммутун барыларын эмиэ бу сокуоҥҥа үөрэтэргэ кыһаллыаҕыҥ.
Айыы Тойон туһугар тапталлаах биир итэҕэллээхтэрим! Бүгүн, Христос Тиллибит сырдык күнүгэр, мин эһиэхэ хас биирдиигитигэр ис сүрэхпиттэн үрдүк үөрүүнү, или-эйэни, уоскулаҥы, уу нуурал чуумпуну, күүстээх итэҕэли, уостубат тапталы уонна Айыы Таҥара амарах санаатыгар бигэ эрэли баҕарабын. Өссө баҕарыам этэ эһиги бу Паасхатааҕы үөрүүгүтүн ханнык да хомолто умулуннарбатыгар, аньыы-буруй түлүк уутуттан уһуктан саҥа олоҕу саҕалыыргытыгар, Тиллибит Айыы Тойонтон өрүү үөрэ-көтө сылдьаргытыгар. Бу улуу үөрүү, хас дьиэ кэргэн, ыал аайы киирсэн, бар дьон сүрэҕэр сырдыгынан сыдьаайыахтын, хас биирдии бэйэбит, кыратык да буоллар, үтүө санааланарбытыгар, үчүгэй өттүгэр уларыйарбытыгар көмөлөһүөхтүн!
Мин эһигини, чуолаан эдэр ыччаты, бука барыгытын бүгүн эрэ буолбакка, бүтүн Сырдык нэдиэлэ устата бу Дьороттон дьоро күннэри саҥалыы, ордук үөрүүлээхтик бэлиэтииргитигэр ыҥырабын. Быыһааччыбыт «Бэйэҕит икки ардыгытыгар таптал баар буоллаҕына, оччоҕо эһиги Мин үөрэнээччилэрим буоларгытын бары билиэхтэрэ» (Ин. 13:35) диэн эппитин өйдөөн тураммыт, бу үөрүүлээх күннэргэ дьоммутугар бука барыларыгар үтүөнү оҥоруоҕуҥ, амарахтык сыһыаннаһыаҕыҥ. Итиэннэ Тиллибит Христоһу кэрэһилээммит, кимниин да буоллун, кинилэр итэҕэллэриттэн, өйдөрүттэн-санааларыттан тутулуга суох, Паасха сүдү үөрүүтүн дэлгэмник үллэстиэҕиҥ. Сибэтиитэл Григорий Нисскэй эппитинии, «Айыы Тойон биһиги өлөр аналлаах эппитин-сииммитин өлүү былааһыттан босхолообутун курдук, эһиги эмиэ кутурҕаҥҥа ылларбыт дьон дууһаларын ыар сүгэһэртэн босхолооҥ, саакка-суукка киирбиттэри чиэстэрин чөлүгэр түһэриҥ, санаарҕаабыттары үөрдүҥ; бу кэрэ бырааһынньык кимиэхэ барытыгар, сибэкки курдук, чэлгийдин».
Эһигини бука барыгытын Айыы Тойоммут Паасхатынан өссө төгүл эҕэрдэлээн тураммын, үйэ-саас тухары өлбөт үйэлээх, үрдүк үөрүүлээх тыллары өрөгөйдөөхтүк этэбин:
Христос Тилиннэ! Дьиҥ чахчы Тилиннэ!
Тапталы, дириҥ ытыктабылы кытта,
+ РOMAH, Дьокуускай уонна Ленскэй епискоба
2014 сыллааҕы Христос Паасхата.
Дьокуускай куорат