ПАСХАЛЬНОЕ ПОСЛАНИЕ ПАТРИАРХА МОСКОВСКОГО И ВСЕЯ РУСИ КИРИЛЛА АРХИПАСТЫРЯМ, ПАСТЫРЯМ, ДИАКОНАМ, МОНАШЕСТВУЮЩИМ И ВСЕМ ВЕРНЫМ ЧАДАМ РУССКОЙ ПРАВОСЛАВНОЙ ЦЕРКВИ (на русском и якутском языках)

19.04.2014
ПАСХАЛЬНОЕ ПОСЛАНИЕ ПАТРИАРХА МОСКОВСКОГО И ВСЕЯ РУСИ КИРИЛЛА АРХИПАСТЫРЯМ, ПАСТЫРЯМ, ДИАКОНАМ, МОНАШЕСТВУЮЩИМ И ВСЕМ ВЕРНЫМ ЧАДАМ РУССКОЙ ПРАВОСЛАВНОЙ ЦЕРКВИ (на русском и якутском языках)

Возлюбленные о Господе

Преосвященные архипастыри,

всечестные пастыри и диаконы,

боголюбивые иноки и инокини,

дорогие братья и сестры!

 

 

В сей нареченный и святый день, когда мир, видимый же весь и невидимый (см. канон Св. Пасхи), прославляет Начальника жизни и смерти Победителя, сердечно приветствую всех вас пасхальным восклицанием:

ХРИСТОС ВОСКРЕСЕ!

Из года в год благая весть о Воскресении победно звучит, побуждая нас воздать хвалу Богу и Спасителю, смертью смерть поправшему и соделавшему нас причастниками грядущей вечной жизни.

Празднуя этот праздников праздник и торжество торжеств, мы с особым духовным чувством вспоминаем искупительный подвиг Спасителя мира, Его крестные страдания и светлое Воскресение. Пасха – это не какая-то красивая легенда, не теоретическое богословие и не дань установившемуся в далеком прошлом народному обычаю. Это – самая суть и ядро христианства. Это – победа, дарованная нам Богом.

Со времен апостолов и доныне Церковь проповедует о Воскресении Христа как о величайшем чуде в истории человечества. Она говорит об этом чуде не только как о Евангельском факте, но – что особенно важно – как о судьбоносном событии для всех, кто принял пасхальное благовестие. Данный праздник имеет самое непосредственное отношение к каждому из нас, ибо Воскресение Христово, совершенное Господом искупление падшего мира – это самая большая радость, которую может испытывать человек. Как бы сложна ни была наша жизнь, какие бы житейские невзгоды нас ни обуревали, какие бы скорби от людей и несовершенства окружающего мира мы ни терпели, – все это ничто по сравнению с той духовной радостью, с той надеждой на вечное спасение, которое дарует нам Бог.

По слову апостола Павла, Воскресивший Христа из мертвых оживит и наши смертные тела Духом Своим, живущим в нас (см. Рим. 8, 11).

В светлый день Воскресения Христова души миллионов верующих преисполняются благодарности Творцу, и наше земное бытие обретает подлинный смысл. Пасха Христова является великим торжеством жизни, торжеством победы над смертью, несущим любовь, мир и духовное преображение.

Празднованием Пасхи мы всякий раз как бы открываем новый период в своей жизни, ибо Воскресший Господь обновляет человеческое естество, укрепляет в испытаниях, дает силы для совершения благих дел.

Пасхальная весть, изменившая весь последующий ход мировой истории, побуждает нас к нравственному преображению и духовному обновлению, которые так необходимы современному обществу. Она напоминает всем людям об истоках христианства, а также о грядущем вечном Царстве, где «будет Бог всяческая во всех» (1 Кор. 15, 28).

В светлые дни пасхального торжества мы призваны поделиться нашей радостью со своими родными и близкими, проявить к ним деятельную любовь и милосердие. Такова освященная веками традиция, следуя которой, мы свидетельствуем о своей причастности к наследию Христову и вере в то, что воистину воскрес Господь.

Ныне, как и прежде, Русская Православная Церковь с усердием совершает свою спасительную миссию, неустанно возвещая правду Божию, утверждая непреходящее значение евангельских заповедей, призывая к миру и согласию, служа духовному единению народов, проживающих в странах пастырской ответственности Московского Патриархата.

Наша особая молитва сегодня – о народах России и Украины, о том, чтобы воцарился мир в умах и в сердцах братьев и сестер по крови и по вере, чтобы восстановились утраченные связи и столь необходимое сотрудничество.

Возвещая превосходящую разумение любовь Божию (см. Еф. 3, 19), христианство объединяет людей, преодолевая национальные, культурные и государственные границы, ибо свет Христов просвещает всех (см. Ин. 1, 9).

Воскресший Господь да дарует всем нам с пользой для души продолжать земное странствование, памятуя о высокой христианской ответственности и призвании созидать в себе и окружающих твердую веру, искреннюю любовь и непоколебимую надежду. Пусть радость этого праздника укрепляет и вдохновляет нас на совершение добрых дел, дает нам мужество и силы посреди бушующих волн житейского моря хранить выдержку и спокойствие, противостоять соблазнам и искушениям, преодолевать, по слову преподобного Сергия Радонежского, ненавистную рознь мира сего.

Воссиявший от Живоносного гроба свет славы Христовой да пребудет с нами и да озарит наши сердца, простираясь на ближних и дальних, на всех, кто будет нуждаться в нашем внимании и поддержке.

Поздравляя всех вас с великим праздником Святой Пасхи, молитвенно желаю щедрых духовных даров, телесной крепости и благодатной помощи свыше в победном шествии за Христом. Аминь.

+ КИРИЛЛ

ПАТРИАРХ МОСКОВСКИЙ И ВСЕЯ РУСИ

Москва,

Пасха Христова,

2014 год

 

НА ЯКУТСКОМ ЯЗЫКЕ

Москва уонна бүтүн Русь Патриарха КИРИЛЛ

үрдүкү аҕабыыттарга, аҕабыыттарга, диаконнарга, манаахтарга,

Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин итэҕэллээхтэригэр бука барыларыгар

Паасханан эҕэрдэ суруга

 

 

Айыы Тойон туһугар тапталлаах Сибэтиилээхтэн сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар,

ытык аҕабыыттар, диаконнар, Таҥараны таптыыр манаахтар

уонна күндү биир итэҕэллээхтэрбит бука бары!

 

 

Бу аан дойду көстөр-көстүбэт эйгэтэ бүттүүнэ (Сиб. Паасхатааҕы канону көр) өлөр өлүүнү кыайбыт Олохпут Баһылыгын айхаллыыр ааттаах-суоллаах сибэтиэй күнүгэр мин эһигини бука барыгытын Паасха бырааһынньыгын үрдүк үөрүүлээх тылларынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин:

 

ХРИСТОС ТИЛИННЭ!

 

Христос Тиллибитин туһунан үөрүүлээх илдьит тыл, өлөр өлүүнү кыайбыт, биһигини кэнэҕэски бараммат олоххо тиксэрбит Таҥарабытын, Быыһааччыбытын уруйдатан, сылтан сыл кыайыылаахтык ньиргийэр.

Биһиги бу чулууттан чулуу бырааһынньыгы, өрөгөй киэнин өрөгөйдөөҕүн бэлиэтиирбитигэр, аан дойдуну толуйан ылбыт Быыһааччыбыт Кириэскэ эрэйи-муҥу көрөн өлөн баран Тиллибит сырдык күнүн ураты духуобунай иэйиилээхтик ахтан-санаан аһарабыт. Паасха диэн ханнык эрэ кыраһыабай үһүйээн, итэҕэл үөрэҕин чинчийэр учуонайдар сабаҕалааһыннара да, норуот былыр-былыргыттан тутуһан кэлбит үйэлээх үгэһэ да буолбатах. Бу – биһиги христианнар итэҕэлбит туллар тутааҕа, эргийэр киинэ. Бу – Айыы Таҥарабыт биһиэхэ бэлэхтээбит кыайыыта.

Апостоллар кэмнэриттэн билиҥҥэ диэри Сиэркэп – Таҥара Дьиэтэ – бар дьоҥҥо киһи аймах олоҕор буолан ааспыт улууттан улуу дьиктини – Христос Тиллибитин туһунан – иһитиннэрэр. Кини бу Евангелиеҕа кэпсэнэр дьикти суол чахчылааҕын таһынан, өссө – саамай суолталааҕа – Паасха үөрүүлээх илдьитин ылыммыт ханнык баҕарар киһи олоҕун төрдүттэн уларытар сүдү күүстээҕин тоһоҕолуур. Христос Тиллиитэ, Айыы Тойон  аньыылаах-харалаах дойдуну толуйан ылыыта киһиэхэ саамай улахан үөрүүнү тосхойор буолан, бу бырааһынньык биһиэхэ хас биирдиибитигэр ураты сыһыаннаах. Биһиги олохпут төһө да уустугун, ханнык да ыарахаттары көрсүбүппүт, дьонтон, бу аньыылаах эйгэттэн хайдах да эрэйдэммиппит иһин, ити барыта, Айыы Таҥара биһиэхэ биэрэр духуобунай үөрүүтүгэр уонна кэнэҕэһин букатыннаахтык быыһанар эрэлбитигэр тэҥнээтэххэ, туохха да турбат.

Апостол Павел эппитинии, Христоһу өлөр өлүүттэн тилиннэрбит Таҥара эһиэхэ баар Тыынынан эһиги өлөр аналлаах эккитин-сииҥҥитин эмиэ тилиннэриэҕэ (Рим. 8, 11 көр).

Христос Тиллибит сырдык күнүгэр биһиги мөлүйүөнүнэн итэҕэйээччилэр ис дууһабытыттан үөрэн туран, Айбыт Таҥарабытыгар махтанабыт, оччоҕо бу сирдээҕи олохпут хаһааҥҥытааҕар да дьиҥнээх толору суолталанар. Христос Паасхата бар дьоҥҥо тапталы, или-эйэни тосхойор, киһини духуобунай өттүнэн дириҥник уларытар олох улууканнаах үөрүүтэ, өлөр өлүүнү кыайыы үрдүк өрөгөйө буолар.

Тиллибит Христос киһи айылгытын саҥардан, биһиэхэ бары ыарахаттары тулуйар, үтүөнү оҥорор күүһү-уоҕу биэрэн, биһиги хас сыл аайы Паасха бырааһынньыгын көрсөн олохпут саҥа кэрдиис кэмигэр үктэнэбит.

Аан дойду олоҕун саҥа хайысханан ыыппыт Паасха үөрүүлээх илдьитэ биһигини сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн уларыйан чыҥха атын духуобунай дьон буоларбытыгар көҕүлүүр. Оттон киһи духуобунай өттүнэн чөл буолуута аныгы уопсастыба олоҕор тыын суолталаах. Бу илдьит тыл бар дьоҥҥо Христос үөрэҕин төрдүн-төбөтүн уонна «ким барыта Таҥараны кытта биир буолар» (I Кор. 15, 28) бараммат үйэлээх кэнэҕэски Саарыстыбатын санатар.

Паасха бырааһынньыгын сырдык күннэригэр биһиги аймах-билэ дьоммутун,  доҕотторбутун кытта үөрүүбүтүн үллэстэн кинилэргэ дьайыылаах тапталбытын, амарах сыһыаммытын көрдөрүөх тустаахпыт. Биһиги үгүс үйэлэри курдаттаан кэлбит ытык үгэһи тутуһаммыт Христос нэһилиэстибэтигэр кытыктаахпытын, Айыы Тойон дьиҥ чахчы тиллибитин итэҕэйэрбитин кэрэһилиибит.

Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтэ, өрүү буоларыныы, быыһабыллаах сыалын-соругун дьулуурдаахтык толорон, сылайары-элэйэри билбэккэ, бар дьоҥҥо Таҥара кырдьыгын иһитиннэрэн Евангелие кэскиллээх тылын үйэлээх суолтатын бигэргэтэр, иллээх-эйэлээх буоларга ыҥырар, Москватааҕы Патриархат аҕалыы  эппиэтинэһи ылынан көрөр-истэр дойдуларын норуоттара духуобунай өттүнэн биир буолалларын туһугар, сулууспалыыр.

Бүгүн биһиги ордук дьулуһан туран Россия уонна Украина норуоттарын тустарыгар, бу биир хааннаах, биир итэҕэллээх дьоммут өйдөрө-сүрэхтэрэ уоскуйан быстыбыт ситиммит салҕанарын, хайабытыгар да тыын суолталаах доҕордуу сыһыаммыт хат чөлүгэр түһэрин туһугар үҥэбит.

Христос сырдыга бар дьону сырдатар (Ин. 1, 9 көр) буолан, Кини үөрэҕэ Айыы Таҥара киһи өйүнэн кыайан ситэн өйдөөбөт тапталын биллэрэн (Еф. 3, 19 көр), бар дьон омук быһыытынан сыһыаннаһыытын, култууратын уонна судаарыстыбатын кыраныыссатын туораан, кинилэри биир сомоҕо оҥорор.

Дьэ онон, Тиллибит Христос биһиэхэ бука барыбытыгар күүс-уох киллэрэн, христианныы үрдүк эппиэтинэспитин өйдүүр, бэйэбитигэр да, биһигини тулалыыр дьоҥҥо да бигэ итэҕэли, истиҥ тапталы, энчирээбэт эрэли иитэр кыаҕы тосхойуохтун. Бу бырааһынньык үөрүүтэ биһигини бөҕөргөтөн, үтүөнү оҥорорго көҕүлээн, олохпут дьалхааннаах байҕала сабыта охсор долгуннарын эр санаалаахтык туораан, бэйэни кыатанан, киэҥ көҕүстэнэн, аньыылаах баҕа санааны хотон тургутууну тулуйар уонна, айыыга холоонноох Сергий Радонежскай эппитинии, бу дойду дьоно бэйэ-бэйэлэриттэн чорбойо сатыыр түктэри кэмэлдьилэрин  кыайар-хотор алгыстаах кыаҕы биэриэхтин.

Христос Тиллибит хоруобуттан тыкпыт килбиэннээх сырдык биһиги сүрэхпитигэр хаһан да өлбөөдүйбэккэ, болҕомтоҕо, көмөҕө наадыйар чугас да, ыраах да дьоммутун бука барыларын сырдатыахтын.

Эһигини бука барыгытын Сибэтиэй Паасха улуу бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн тураммын, мэлииппэ нөҥүө эһиэхэ өлгөм духуобунай бэлэхтэри, чэгиэн доруобуйаны, Христоһу кыайыылаахтык батыһар суолгутугар илгэлээх үтүө көмөнү баҕарабын.

Аминь.

 

 

+ КИРИЛЛ

МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХ БАҺЫЛЫГА

 

Москва,

Христос Паасхата,

2014 сыл