РОЖДЕСТВЕНСКОЕ ПОСЛАНИЕ Святейшего Патриарха Московского и всея Руси КИРИЛЛА (на якутском языке)

05.01.2015
РОЖДЕСТВЕНСКОЕ ПОСЛАНИЕ Святейшего Патриарха Московского и всея Руси КИРИЛЛА (на якутском языке)

МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХА КИРИЛЛ

ТАҤАРА ҮРДҮКҮ ҮЛЭhИТТЭРИГЭР, А5АБЫЫТТАРГА, МАНААХТАРГА УОННА НУУЧЧА ПРАВОСЛАВНАЙ ТАҤАРАТЫН ДЬИЭТИН

 ЭРЭЛЛЭЭХ О5ОЛОРУГАР БУКА БАРЫЛАРЫГАР

ОРОhУОСПАНАН Э5ЭРДЭ СУРУГА

 
 
Сибэтиилээхтэн сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар,
 
дьоһуннаах аҕалар, ытыктабыллаах манаахтар,
 
 күндү биир итэҕэллээхтэрбит бука бары!
 
 
Эһигини  – араас дойдуга, куоракка, бөһүөлэккэ олорон Биир сомоҕо Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтигэр киирсэр бар дьоммун бука барыгытын бу сибэтиэй түүн Христос Ороһуоспатын быыһабыллаах бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Күндү дьоммор эһиэхэ истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэн туран, биһиги бары бу үрдүк өрөгөйдөөх бырааһынньыкка бииргэ кыттарбытыттан духуобунай үөрүүнэн үөрэрбитигэр, Таҥара уолаттара-кыргыттара, Христос доҕотторо (Ин. 15, 15) буоларбыт быһыытынан, итэҕэл бырааһынньыгынан толору дуоһуйарбытыгар баҕарабын.
 
Билигин биһиги Таҥара киһи буолан төрөөбүт кистэлэҥин анааран көрөн, былыр икки тыһыынча сыл анараа өттүгэр Вифлеемҥэ буолбут сабыытыйа ис хоһоонун, кини биһиэхэ уонна биһиги биир кэмнээҕи дьоммутугар туох дьайыылааҕын өйдүүргэ дьулуһабыт.  
 
Сибэтиэй апостол Павел суруйар: «Туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Таҥара Сокуон анныгар сылдьааччылары толуйан ылан, биһигини оҕолорунан ааттаары, дьахтартан төрөөбүт, Сокуоҥҥа бас бэриммит Уолун ыыппыта» (Гал. 4, 4-5). Оттон ол туһааннаах кэм кэлиэн иннинэ туох буолбутай? Киһи аймах историята барыта Христос Ороһуоспатыгар диэри, дьиҥэр, Айыы Таҥараны көрдөөһүн историята, онон ити кэм устата өркөн өйдөөхтөр айылҕаҕа суох гынан баран, олоххо баар уонна хас биирдии киһиэхэ биллэн ааһар дьикти күүс төрдө ким буоларын өйдүү-билэ сатыыллара.
 
Таҥараны көрдүү сылдьан дьон, дьиҥ кырдьыгы була сатаан, араас бэйэлээхтик мунар-тэнэр буолаллара. Киһи айылҕа суостаах көстүүтүттэн куттаныыта, айылҕа күүһүн, эмэгэти, ардыгар бэйэтин да таҥара оҥостуута, биитэр Таҥараны билбэт бөлүһүөктэргэ дьиҥ кырдьык быстахтык кылам гынан ылыыта дьону дьиҥнээх Таҥараҕа аҕалбатаҕа. Онтон «бу аан дойду муударай өйүн күүһүнэн Таҥараны, Кини муудараһын көрөн билбэтэҕин иһин»  (Кор. 1, 21), Таҥара бар дьоҥҥо Бэйэтинэн тиийэргэ санаммыта. Онон биһиги духуобунай харахпытынан итэҕэлбит сүдү кистэлэҥин анаарабыт: Айыы Таҥара Бэйэтэ айбыт киһитигэр дьүөрэлэһэн киһи айылҕатын ылынар, сиргэ-буорга тэпсиллии кыһарҕанын барытын толору билэр уонна кириэскэ тиириллэн ҥлҥн баран тиллэр. Бу барыта киһи өйдүүр өйүн куоһарар, онон Таҥара бар дьоҥҥо толору Арыллыытын улуу дьиктитэ буолар.   
 
Христос төрөөбүтэ – аан дойду дьонугар эрэл үөскээбитэ, Христос төрөөбүтэ – таптал  үйэттэн үйэҕэ баһылыыр буолбута, Христос төрөөбүтэ – мэҥэ халлаан сири кытта силбэспитэ, Христос төрөөбүтэ – Вифлеем сулуһа Таҥара кырдьыктаах суолун ыйбыта, Христос төрөөбүтэ – онон хара дьай кыайарын ким да итэҕэйимиэхтин, тоҕо диэтэххэ биһиги Таҥараны итэҕэйэммит, Кини илгэлээх үтүөтүнэн быыһаммыппыт, бу биһиги үтүөбүт-өҥөбүт буолбатах, Таҥара бэлэҕэ (Еф. 2, 8).
 
Мессия кэлэрин күүтэн, ону өтө көрөн, Исаия бороруок: «Таҥара биһигини кытта!» (Ис. 8, 10) диэн этэн турар. Кини Таҥара дьайыытынан эппит этиитэ билигин да мөлүйүөнүнэн христианнар тылынан кыайан этиллибэт үҥрүүлэрин төрдө буолар. Вифлеемҥэ төрөөбүт Айыы Тойон аны биһиги сүрэхпитигэр төрүүр уонна, өскө  биһиги Киниэхэ уонна Кини олохтообут Сиэркэбэр, Таҥара Дьиэтигэр, бэриниилээх буоллахпытына, биһигинниин бииргэ сылдьар. Кини биһигинниин бииргэ – биһиги үтүөнү оҥорор буоллахпытына. Кини биһигинниин бииргэ – биһиги дьоҥҥо көмөлөһөр буоллахпытына. Кини биһигинниин бииргэ – биһиги айыы санаалаах, аһыныгас буоллахпытына. Кини биһигинниин бииргэ – өскөтүн биһиги өстөһөр, атааннаһар дьону эйэлэһиннэрэр буоллахпытына. Кини биһигинниин бииргэ – биһиги бырастыы гынар уонна куһаҕаны өйдүү сылдьыбат буоллахпытына. Кини биһигинниин бииргэ – биһиги Киниэхэ үҥэрбитигэр, Таҥара Дьиэтин Кистэлэҥэр кыттарбытыгар, атыннык эттэххэ – Махтаныы Кистэлэҥэр, Сибэтиэй Евхаристияҕа тиксэрбитигэр.
 
Христос Төрөөбүт Күнүн Бырааһынньыга биһиэхэ саамай тыын суолталааҕы этэр: биһиги Таҥараны таптыырга уонна Киниэхэ, үйэлэр тухары бары норуокка Быыһабылы Бэлэхтээччигэ, билигин да Бэйэтинэн хас биирдиибитин кууһаары Илиитин Уунааччыга, сулууспалыы үөрэнэр үрдүк аналлаахпыт. Таҥараҕа дьиҥнээх ытыктабыл, Киниэхэ ис сүрэхтэн сүгүрүйэн олоруу үгэһин иҥэринэн, биһиги маны сэргэ тапталынан дьайар итэҕэли көрдөрөн (Гал. 5,6), чугастааҕыларбытыгар, атын дьоҥҥо, эмиэ  сулууспалыы үөрэнэбит.
 
Ити кэннэ биһиэхэ ситэрэрбит да бэрт кыра хаалар – биһиги Таҥара илгэлээх үтүөтүн быыһабыллаах дьайыытыгар  истигэн буолуохтаахпыт, Айыы Тойон тылыгар истиҥ итэҕэлбитинэн, Кини кэс тылын толорор күүстээх баҕабытынан хоруйдуохтаахпыт. Бу улуу кырдьыгы иҥэриннэхпитинэ, биһиги тус бэйэбит эрэ буолбакка, тулалыыр эйгэбит эмиэ улаханнык уларыйыаҕа. Биһиги дьиҥ үтүөнү сөпкө өйдөөн, үөһэттэн ыйыллыбыт олох суолунан, Таҥараҕа айхал, махтал тылларын этэн, эйэлээхтик, холкутук, бигэ эрэллээхтик хардыылаан барыахпыт.
 
Оттон дууһабыт итинник туруктанарын туһугар, биһиги социологическай ыйытыкка эппиэттиирдии эрэ буолбакка, былыр Таҥараны дьиҥнээхтик ытыктаан олорбут өбүгэлэрбит курдук, дириҥ эрэлбитинэн, олохпут сиэринэн-майгытынан дьиҥнээх православнай дьон буолуох тустаахпыт. Оннук дьон ортотугар ураты миэстэни апостолларга тэҥнээх, улуу кинээс сибэтиэй Владимир ылар. Кини сирдээҕи олоҕун толору дьоллоохтук түмүктээн Таҥараҕа барбыта тыһыынча сыла туолуутун быйыл бэлиэтиэхпит. Биһиги христианин үрдүк аатын сүгэрбитинэн, Историческай Русь православнай бырааттыы норуоттарын дьиэ кэргэнигэр киирсэрбитинэн чуолаан киниэхэ ытык иэстээхпит. Урут да оннук этэ, билигин да оннук, инникитин да оннук буола туруоҕа. Ханнык да быстах долгуйуу, тургутуу, ханнык да тас күүс ол былыргы сүрэхтэнииттэн ыла салҕанан иһэр үгүс үйэлээх духуобунай уонна култуурнай ситими быһыа суоҕа. 
 
Бу сибэтиэй Ороһуоспатааҕы күннэргэ Таҥара Дьиэтэ бүттүүнэ уонна мин тус бэйэм эмиэ Украина сиригэр-уотугар эйэ олохтонорун туһугар үҥэбит. Православнай Таҥара Дьиэтэ бэйэтин оҕолоро ханна олороллоруттан, кинилэр политическай көрүүлэриттэн, санааларыттан тутулуга суох Киниэхэ Христос сүктэрбит эппиэттээх миссиятын (Мф. 5, 9) толорор. Кини дьону эйэлэһиннэрэн өстөһүү содулун суох гынарга көмөлөһөр туһугар, туох кыаллары барытын оҥорбута уонна оҥорор даҕаны.
 
Ханнык баҕарар утарыта турсуу, өстөһүү, арахсыһыы төрдө – аньыы-хара. Айыыга холоонноох Иустин Челийскай этэринэн, аньыы «туох баар күүһүн  түмэн биири оҥорор: киһини Таҥараттан арааран, киһи бодотун сүтэртэрэр»  (преп. Иустин (Попович), Философские пропасти). Онон Айыы Тойонтон бэлэхтэппит дьоһун аатын киртиппит киһи ардыгар хайдахтаах курдук аад туругар киирэрин биһиги көрө-билэ сылдьабыт.
 
Оттон Сиэркэп бар дьоҥҥо Быыһааччы төрөөбүтүн туһунан улуу үөрүүнү (Лк. 2, 10) Таҥара аатыттан сыламтата суох иһитиннэрэн туран, сиргэ төрөөбүт хас биирдии киһини Таҥараны итэҕэйэргэ, үчүгэй өттүгэр уларыйарга ыҥырар. Кини үрдүккэ дабайан тахсыы суолун ыйар: Таҥараны көрдөөһүнтэн – Таҥараны билиигэ, Таҥараны билииттэн – Таҥараны кытта чугас сыһыаннаах буолууга, Таҥаралыын чугас сыһыантан – Таҥараҕа холоонноох буолууга. IV үйэҕэ Александрияҕа олорбут Улуу Афанасий сибэтиитэл бу сиргэ Быыһааччы кэлбит сыалын-соругун олус долгутуулаахтык «Киһи Таҥара буоларын туһугар Таҥара киһи буолбута» диэн быһааран турар. Ол аата киһи бэйэтин айылҕатынан буолбатах, Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн оннук уларыйар кыахтанар. Сиэркэп үгүс үйэлээх уопута кэрэһэлииринэн, киһи үчүгэй өттүгэр дьиҥнээхтик уларыйыыта, Таҥараны кытта ситимнэһиитэ, үөһэттэн  илгэлээх күүс бэриллэн, Таҥара уонна киһи быыһаныыга көҥүл өттүнэн бииргэ дьүккүөрдэринэн  ситиһиллэр. Бу, биһиги бастакы өбүгэлэрбитин үтүөнү-мөкүнү билии маһыттан амсайан тута Таҥара курдук буоларга (Айыллыы 3, 5)  уккуйбут моҕой  хара дьайдаах угуйуутун ылыныынан  буолбакка, сыралаах үлэнэн, Айыы Тойоҥҥо истигэн буолуунан ситиһиллэр. Итэҕэлинэн олорор хас биирдии киһи билэр: Таҥараҕа эрэллээх буолуу эрэ кинини куһаҕан дьыалаттан, хара санааттан быыһыыр; Таҥара айхалланарын, дьоҥҥо үтүө оҥоһулларын туһугар, кинини хорсун-хоодуот быһыыга, күттүөннээх үлэҕэ чуолаан итэҕэл көҕүтэр.
 
Эһигини Христос Ороһуоспатын улуу бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн тураммын, ис дууһабыттан бука барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, или-эйэни, дьоллоох-соргулаах олоҕу уонна Айыы Тойоммутун, Быыһааччыбытын бигэтик батыһар суолгутугар үөһэттэн өлгөм көмөнү баҕарабын.
 
Биһигини, Христос Иисуһу итэҕэйбиттэри, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара – бары илгэлээх үтүөнү Биэрээччи – эһигини... Бэйэтинэн эҥкилэ суох гынан бөҕөргөтүөхтүн, күүс-сэниэ киллэрэн халбаҥнаабат бигэ оҥоруохтун. Киниэхэ үйэттэн үйэлэр тухары албан аат буолуохтун, Кини былааһа туругура туруохтун! Аминь (1 Петр. 5, 10-11).
 
МОСКВА УОННА БYТYН РУСЬ ПАТРИАРХА
 
Москва,
2014/2015 сыллааҕы
Христос Ороhуоспата