Пасхальное послание Святейшего Патриарха Московского и всея Руси КИРИЛЛА (на якутском языке)

04.05.2013
Пасхальное послание Святейшего Патриарха Московского и всея Руси КИРИЛЛА (на якутском языке)

Кирилл, Москва уонна бүтүн Русь

патриархын Паасхатааҕы илдьитэ

духуобунай аҕа баһылыктарга, аҕабыыттарга,

манаахатарга, диаканнарга

уонна

Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин

бары эрэллээх оҕолоругар.

 

Махтал буолуохтун Айыы Тойоммутунан Иисус Христоһунан

 биһиэхэ кыайыыны бэлэхтээбит Таҥараҕа!

(1 Кор. 15,57)

 

 

Таҥараҕа тапталлаах

Преосвященнай аҕа баһылыктар,

чиэстээх аҕабыыттар уонна диаканнар,

Таҥараны таптыыр манаахтар,

күндү убайдардар уонна бырааттар,

эдьиийдэр уонна балыстар!

 

Бу улуу уонна сырдык күҥҥэ ис сүрэхпиттэн эһигини Пасха күнүнэн хас биирдиигитин үйэ саас тухары турар сибэтиэй тылларынан эҕэрдэлээн туран этэбин:

ХРИСТОС ТИЛИННЭ!

Бу тылларынан, дьон бэйэ бэйэтин үйэлэр тухары паасха күннэригэр көрсөн этэллэр уонна онон аан дойду дьонун иннигэр чахчы буолбут түгэни туоһулууллар. Ол икки тыһыынча сыл аннараа өттүгэр буолбут түбэлтэ бэйэтин иһигэр сүрдээх күүһү илдьэн иһэр. Кини иһигэр – кыайыы да туһунан сурах, үөрүүгэ да ыҥырыы, итиэннэ эйэ алгыһа, эрэл уонна хас биирдии киһиэхэ уоскуйуу.

Ыраастан ыраас Кыыс Марияттан төрөөбүт, ыар ыарыыны ылынан буруйа суох эрэйдэммит, кириэскэ икки ороспуонньуктуун тиириллэн  өлбүт, Кини өлбүт киһи эйгэтиттэн маҥнайгынан тиллибит. «Бэйэтэ эппитин курдук тиллибитэ» (Мф. 28,6). Кини хоруоба кураанах. Онно Кини таҥаһа эрэ хаалан турардаах. Миро илдьэн иһэр дьахталлар, Таҥара харайыллан сыппыт хоруобар кэлбиттэригэр «бэрт эрдэ…күн саҥа тахсыыта» (Мк. 16, 2), онно Иисуһу булбатахтара, тоҕо диэтэххэ хоруобу да баттаппыт таастара, Кинини да манаабыт буойуннар, ону таһынан өлөр өлүү бэйэтэ даҕаны Тыыннаах Таҥара улуу күүһүгэр утарсар кыахтара суох этэ. «Үтүгэн түгэҕэ кэтирээн бэйэтин адьарай айаҕын атан турбута» (Ис. 5,14), аат тыына бэлэһинэн күлэн туран, бэйэтин саамай модьу күүстээх өстөөҕүн ыйыстаары турдаҕына, ол оннугар эмискэ алдьархайы көрөн соһуйан, куттанан турардаах – Таҥара сырдыга кини иһин бүтүннүү сыдьаайбыта. Онно Христос сытыйыыны уонна өлүүнү үрэйбитэ.

Маҥнайгы киһи бэйэтин Айааччытын тылын кэһэн бараммат олох Дьүүктэтиттэн быстыбытыттан сылтаан, олоххо хара тыын киирэн, аньыы киһи-аймаҕы баһылаан ылбыта. Оттон Христос – «бүтэһик Адам» (1 Кор.15,45) - өлүүнү кыайбыта, кут-сүр да, эт-сиин да өлүүтүн.  «Адам кыттыгастаахтара бары өлөллөрүн курдук, Христос кыттыгастаахтара бары тиллиэхтэрэ!»( 1 Кор.15:22) диэн, апостол Павел туоһулуур. Адамҥа тугу барытын сүтэрбиппитин, биһиги хат Христоһунан төннөрөн ылбыппыт. Таҥара Паасхата диэн – истиҥ улууттан улуу Таҥара биһиги быыһабылбытыгар бэлэҕэ (прп. Феодор Студит).

Киһи Айааччытыттан арахсыбыт биричиинэтин самнаран, кыайан, Быыһһааччы биһиэхэ Кинини кытта холбоһорго кыах биэрбитэ. Преподобнай Иоанн Дамаскин этэринэн Христос Кириэһинэн биһиэхэ «тиллии бэлэхтэммитэ (…) ырай аана арыллыбыта, айылҕабыт Таҥара уҥа өттүгэр олохсуйбута, уонна биһиги Таҥара оҕолоро буолан Кини нэһилиэнниктэринэн ааҕыллабыт» (Православнай итэҕэл чуолкай үөрэҕэ. Кин. 4). Биһиги бука бары бу бэлэххэ тиксээри сөптөөхтүк дьулуһуохтаахпыт.

Таҥара Уола, айылҕабытын ылынан, биһиэхэ барытыгар аньыыттан эрэ ураты тэҥнээх буолбута. Бэйэтин сирдээҕи олоҕунан уонна кириэскэ тахсан эрэйдэммитинэн, Халлааннааҕы Аҕатыгар истигэнинэн биһиэхэ улууканнаах холобуру көрдөрбүтэ, угаайыыны уонна кырык быһыыны кытта охсуһуу холобурун, оттон Бэйэтин Тиллиитинэн аньыы сыабын үрэйэн уонна биһиэхэ өстөөҕү утары охсуһарга күүс уонна кыах биэрбитэ. Бу курдук хорсун быһыыланан, тус бэйэбит духуобунай сайдыыга тиийэр уонна ол нөҥүө көҥүл мөссүөннэнэр кыахтанабыт.

Билиҥҥи олорор кэммитигэр көҥүл олох диэн өйдөбүлү сүрүннээн буор босхо баран мээнэ быһыыланыы курдук өйдүүллэр. Киһи-аймах ис санаатыттан былаас уонна байыы, доруобуйа уонна физическэй күүс эрэ көҥүл олоххо тиэрдиэхтэрин сөп дии саныыр, уонна ону сырсан бу үйэ иччилэригэр сүгүрүйэн туран, саамай кылаабынайыгар хотторор – олох истиҥ сыалын хотуутугар. Хоруоптан турбут Быыһааччы, биһиэхэ көҥүл олоҕу бэлэхтээн, ол сыалы арыйбыта. Ол сыала диэн, Кырдьыгы билии (Ин. 8,32) уонна Таҥараны кытары бииргэ алтыһыы.

Эт-сиин өлүүтүн үрэйэн, Христос бараммат олоҕу биэриэм диэн тылын биэрбитэ, ол гынан баран бу сирдээҕи олоххо тэҥнээх бүтэр уһуга суох олоҕу буолбакка, киһи айылҕата ис иһиттэн уларыйан саҥа туруктанан, эппит-хааммыт Кини айылҕатыгар тэҥнээх буолууну. Таҥара Тиллиитинэн дьиктитик инники  биһиги тиллиибит уобараһын көрдөрөн турар. Өлүү диэн, ыарыы диэн, арахсыы диэн, ол үрдүнэн кэм-кэрдии да диэн суох кэлиэхтээх Халлаан Саарыстыбатыгар, «Айыы Таҥара дьон харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа» (Откр. 21,4), итиэннэ үөрүү уонна таптал -  бүтэр уһуга суох буолуо. Таҥара өлүүнү кыайыыта тус бэйэбитигэр кытаанах эрэли биэрэр, онон биһиги Кинини батыһан Кини Улуу иккис кэлиитигэр саҥа кэскиллээх олоххо ананан тиллиэхпит - өрүү Таҥаралыын бииргэ аргыстаһар олоххо.

Тиллибит Быыһааччы туһунан үөрүүнү, биһиги көрүүбүтүгэр уонна истиибитигэр наадыйар дьону кытары үллэстиэҕиҥ: ыарыһахтары, саастаахтары, эрэйдэммиттэри, хомурҕаҥҥа сылдьаллары, хаайыыга олорооччулары, дьадайбыттары уонна дьиэтэ-уота суох хаалбыттары кытары. Уонна апостолларага, Тиллии туоһулааччыларыгар тэҥнээх буолан – итэҕэллээхтик уонна хорсун быһыыланан чугастааҕыларбытыгар да, тэйиччилэргэ да үтүө сураҕы, Христос чахчы тилиннэ диэн тарҕатыаҕыҥ! Аминь.

+ Кирилл,

МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХА

 

Москва,

Христос Паасхата,

2013 сыл.